АХШ нэһилиэнньэтэ 1790 сылтан саҕалаан тиһигин быспакка эбиллэ эрэ турар. Ол эбиллии 1918 с. эрэ бэрт кыратык харгыстана сылдьыбыта (2 мөл. саллаат Дьобуруопаҕа сэриилэһэ барбытыгар уонна испанскай кириип содулуттан).
Билигин АХШка 349 мөл. киһи олорор. Төһө да бу иннинэ демографтар “АХШ нэһилиэнньэтэ ахсаан өттүнэн хаҥыыра 2081 сылга тиийэн эрэ баран тохтуон сөп” диэн суоттааталлар, ол кэм эрдэлээн кэлэр чинчилээх. Билигин дойду бэрэсидьиэнэ Д. Трамп ыытар миграциятын бэлиитикэтин түмүгэр, миграннар дойдуттан маассабайдык куотан бараллар, саҥа дьон кэлэрэ уустугурар, оттон оҕо төрөөһүнэ – мөлтөх. Инньэ гынан, сорохтор суоттуулларынан, 2026 сыл түмүгүнэн АХШ нэһилиэнньэтэ 400 тыһ. киһинэн көҕүрүүр чинчилээх.
Тэҥнэбилгэ, Кытайга нэһилиэнньэ 4-с сылын күүскэ аҕыйыы турар. Bloomberg ааҕыныстыба “дойду нэһилиэнньэтин ахсаана – экэниэмикэ бигэ тирэҕэ, ахсаана аҕыйыы турар нэһилиэнньэлээх судаарыстыба хаһан да улуу экэниэмикэни айан-тутар таһаарар кыаҕа суох” диэн суруйар.

