Муус устар бастакы күннэриттэн саҕалаан Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ уонна инбэлииттэрэ сыл аайы Кыайыы күнүгэр көрүллэр төлөбүрү ылан барыахтара. Харчыны муус устар 3-с күнүттэн ыытыахтара. Ол туһунан Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.
Дойду бэрэсидьиэнин ыйааҕынан, төлөбүр суумата 10 тыһыынча солкуобай буолбута. Ити харчыны 1941-1945 сс. дьиҥ-чахчы уоттаах сэриигэ кыттыбыт дьон ылыахтаах.
Социальнай пуонда бэрэссэдээтэлэ Сергей Чирков эппитинэн, төлөбүр биэнсийэни уонна ый аайы көрүллэр атын төдөбүрү кытта тэҥҥэ кэлиэхтээх.
Бэй.кэр.
Хаартыска: Константин Михальчевскай/РИА Новости.
