Быйыл Саха сиригэр барыта 52,5 тыһыынча гаа иэннээх сиргэ тыа хаһаайыстабатын араас култуурата ыһыллыахтааҕын туһунан СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

“Онтон туораахтаах култуурата – 12,3 тыһ. гаа (2025 сыллааҕыттан 10%-нан элбэх), сүөһү аһылыга – 32,3 тыһ. гаа (2025 с. 4%-нан элбэх), хортуоппуй – 6,4 тыһ. гаа, аһаҕас сиргэ ыһыллар оҕуруот аһа – 1,36 тыһ. гаа (2025 с. 11%-нан элбэх)”, – диэн министиэристибэ сиһилии быһаарар.

Итини сэргэ быйыл 7,4 тыһ. гаа иэннээх сир паарданыахтаах. Өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбалара былааны толорорго 852,3 туонна ыһыы сиэмэтин аҕаларга дуогабардаспыттар. 884,5 туонна хортуоппуй сиэмэтэ, 783,6 туонна минельнай уоҕурдуу атыылаһыллыахтаах.

Бэй.кэр.
Хаартыска: big-rostov.ru