Иркутскай уобалаһыгар Өлүөнэ өрүс хамсаата. Ол туһунан муус устар 29 күнүгэр СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Исписэлиистэр сылыктыылларынан, көмүөл Битиимҥэ ыам ыйын 8 күнүн эргин кэлиэхтээх. Оттон Дьокуускайга – 17 чыыһылаҕа.
Былырыын дьыл эрдэлээн, муус ыам ыйын 14 күнүгэр хамсаабыта.
Бэй.кэр.
Хаартыска: социальнай ситимтэн.
