Айсен Николаев бу сыллааҕы үүт былаана түһүө суохтааҕын туһунан мас-таас курдук эттэ. Онон сыл устата барыта 63 тыһ. туоннаттан итэҕэһэ суох үүт ыаныахтаах.
“Дьиҥэр, бастаан былаан 65 тыһ. туонна диэн буолбута. Онон былаан 63 тыһ. туоннаттан хайдах да түһүө суохтаах. Тохсунньутааҕы-олунньутааҕы мунньахтарга кэккэ өйдөспөтөх түгэннэрбит бааллара, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, бэл, былааны түһэриэн баҕара сылдьыбыта. Ол гынан баран өссө биирдэ этэбин: былааны түһэрэр бырааппыт суох, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоммутун өйүөхтээхпит. Улуустар 65 тыһ. туоннанан сирдэтинэн былааннаныахтаахтар”, – диир Ил Дархан.
Бэй.кэр.
Хаартыска: Александра Лаврентьева, “Саҥа олох” хаһыат.
