1991 сыл ыам ыйын 23 күнүгэр Национальнай оскуоланы саҥардан сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ ылыллыбыта. Бэҕэһээ “Кыым” эрэдээксийэтэ кэнсиэпсийэ 35 сылын көрсө, үгэс буолбут төгүрүк остуолун ыытта.
Кэпсэтии сүрүн тосхоллоро:
- Национальнай кэнсиэпсийэ ылыллыбыт кэмин уратыта;
- Үөрэх кэнсиэпсийэтэ саха норуотугар, олохтоох омуктарга тоҕо наада этэй?
- Үөрэх эйгэтигэр үлэ хайдах барбытай?
- Кэнсиэпсийэ национальнай култуура сайдыытыгар оруола, сабыдыала.
- Билиҥҥи кэмҥэ Национальнай кэнсиэпсийэттэн тугу тутан хааллыбыт? Хайдах, тугу туһанар кыахтаахпыт?
Кыттыыны ыллылар үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, учууталлар, Национальнай кэнсиэпсийэ саҕана оскуолаҕа үөрэммит, билигин култуура, ускуустуба, литэрэтиирэ, норуот айымньытын эйгэтигэр үлэлии-хамныы, айа-тута, саханы саха дэтэ сылдьар, кэнсиэпсийэттэн кынат анньыммыт дьон.
Төгүрүк остуолга “Кэнсиэпсийэ биһиэхэ тугу биэрбитэй? Ол кэмтэн тугу иҥэринэн тахсыбыппытый? Оччотооҕу иитии-үөрэтии биһиэхэ туохха тирэх буолбутай?” – бу уонна атын ыйытыыларга санаа үллэстиитэ буолла. Кэпсэтиигэ кыттыбыт дьон Кэнсиэпсийэ олоххо киириитэ уһуктуу кэмин кэрэһитэ, “мин сахабын” диэн киэн тутта сананар саҥа көлүөнэ дьону иитии сүрүн оҥкула буолбутун, оҕолорго “бэйэбит төрүт култууралаах, үгэстээх, итэҕэллээх норуот эбиппит” диэн санааны уһугуннарбытын бэлиэтээтилэр. Билигин оччотооҕу ыччаттар хас биирдиилэрэ үлэлии, айа-тута сылдьар эйгэлэригэр ол үтүөкэн идиэйэ тыына биллэрин эттилэр.
Төһө да кэнники кэмҥэ умнулла быһыытыйбытын иһин, Кэнсиэпсийэ сахпыт төлөнө умуллубатын, дириҥ ис хоһооно, суолтата намтаабатын инниттэн оччолорго иитиллэн тахсыбыт дьон бэйэлэрин хайысхаларынан ол үлэни салҕыылларыгар, үүнэр көлүөнэлэргэ тиэрдэллэригэр баҕа санааларын эттилэр, “Кэнсиэпсийэ оҕолоро” уопсастыбаннай хамсааһыны тэнитэргэ актыыбы тэрийиэххэ диэн түмүктээтилэр.
НИНА ГЕРАСИМОВА
