Реклама Кыым 300-250 (МОБ)

Бэс ыйын 9 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр Үөһээ Халымаҕа 4 гаа иэннээх ойуур баһаарын умуллара сылдьаллар. Миэстэтигэр 12 десантник-парашютист үлэлиир.

Өссө түөрт уот Өймөкөөҥҥө уонна Томпоҕо баар. Олор киһи-сүөһү тиийбэт сиригэр баар буоланнар, ыраахтан хонтуруолланаллар эрэ.

Ойуургу-тыаҕа сылдьан туох эмэ умайан эрэрин, буруо тахсарын көрдөххүтүнэ, маннык нүөмэрдэргэ эрийэн биллэриҥ: 8-800-100-94-00, 8 (4112) 44-74-76, 8 (4112) 44-77-28.

Бу туһунан Авиалесоохрана иһитиннэрэр.

Бэй.кэр.
Хаартыска: МЧС

Бүтэһик сонуннар