Реклама Кыым 300-250 (МОБ)

Мэҥэ Хаҥаласка уонна Хаҥаласка уот барда. Туохтан эрэ сылтаан көмүскүүр сириэстибэ холбонон, “Аллараа Бэстээх – Хаптаҕай” 35 кВ Л33 салгын лииньийэтин уот арахсыбыт. Ити туһунан “Якутскэнерго” иһитиннэрэр.

Онон, билиҥҥи туругунан, Өлүөнэ уҥа кытылыгар сытар хас даҕаны нэһилиэнньэлээх пуун уота суох олорор. Аллараа Бэстээххэ уонна Павловскайга уоту саҥа холбоотулар. Майатааҕы РЭС уот ситимин кэрийэн көрөр, тоҕо арахсыбытын быһаарар.

Бэй.кэр.
Хаартыска: УлуусМедиа.

Бүтэһик сонуннар