Реклама Кыым 300-250 (МОБ)

Быйыл Туймаада ыһыаҕын кэмигэр Дьокуускайга айаны-сырыыны хааччахтыахтара. Ол туһунан киин куорат дьаһалтата иһитиннэрэр.

“Биирдиилээн дьон, тэрилтэ тимир көлөтүгэр хааччах бэс ыйын 26 күнүгэр киэһэ 22:00 чаастан саҕалаан бэс ыйын 28 күнүгэр түүн 23:00 чааска диэри олохтонуо. Үс Хатыҥҥа уонна “Уураахы Ыһыах Сирэ” комплекска тиэхиньикэнэн киирэр бобуллуо. Хааччахтааһыҥҥа МЧС, суһал көмө, полиция уонна анал киирэр көҥүллээх массыыналар хапсыбаттар”, – диэн мээрийэ биллэрэр.

Онон киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын айаннарын эрдэттэн былаанныырга сүбэлииллэр. Ити барыта ыһыах кэмигэр куттал суол буоларын хааччыйар үлэни кытта ситимнээх дьаһал.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Эхо Столицы.

Бүтэһик сонуннар