Реклама Кыым 300-250 (МОБ)

Бэс ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, Ленскэй улууһугар түөрт сиргэ ойуур уотун умуллара сылдьаллар. Ол туһунан СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Баһаардар кураанах этиҥтэн сылтаан буолбуттар. Уопсай иэнэ – 113 гаа. Уоту умулларыыга “Авиалесоохрана” тэрилтэ 107, “Якутлесресурс” 19 үлэһитэ, 9 араас тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Бэс ыйын 13 күнүгэр Эдьигээҥҥэ турбут уоту бүтүннүү умулларбыттар.

Ойуурга уот турбутун эбэтэр буруо тахсарын көрдөххүтүнэ, маннык нүөмэргэ эрийиҥ: 8-800-100-94-00, 8 (4112) 44-74-76, 8 (4112) 44-77-28.

Бэй.кэр.
Хаартыска: EPA/Vostock-photo  

Бүтэһик сонуннар