Реклама Кыым 300-250 (МОБ)

Саха сиригэр 2026 сылга социальнай гаастааһын бырагырааманан гаас ситимигэр 1500 дьиэ холбонуо. Ол туһунан бырабыыталыстыба саайта суруйар.

Саамай элбэх дьиэ, үгэс курдук, Дьокуускайга холбонуо – 900 кэриҥэ дьиэ. Күөх төлөнү 80-тан тахса дьиэҕэ Мэҥэ Хаҥалаһы сэргэ Горнайга киллэриэхтэрэ. Өссө 60-ча дьиэ Намҥа, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Хаҥаласка, Чурапчыга уонна Жатайга гаас киирэр үөрүүтүн билиэ.

Бэй.кэр.
Хаартыска: СИА   

Бүтэһик сонуннар