Бэс ыйын 23 күнүгэр сарсыарда 10.00 чаастан Дьокуускай куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын “Алмаас саас – Алмазное долголетие” диэн уһун үйэлэниигэ анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы форумҥа ыҥырабыт.
Эһигини күүтэр:
- бастыҥ эспиэрдэр лиэксийэлэрэ: доруобуйа, биэнсийэҕэ тахсан баран бэйэ дьыалатын тэрийии, социальнай өйөбүл миэрэлэрин, о.д.а. туһунан;
- туһалаах билсииһиилэр уонна тыыннаах кэпсэтии;
- истиҥ, өрө көтөҕүллүүлээх иһирэх эйгэ.
Форум ураты бэлэҕэ – биһиги партнердарбытыттан дьиҥнээх саха бирилийээнэ! Хас биирдии кыттааччы ону сүүйэр кыахтаах.
Форумҥа кыттыы – төлөбүрэ суох. Ол гынан баран, миэстэтэ хааччахтаах. Онон түгэни куоттарбакка, бу саайка киирэн бэлиэтэниҥ!
Саҕаланар: 10.00 чаастан.
Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, Курашов уул. 24 дьиэтэ (Уопсастыбаннай киин).
Көхтөөх уһук үйэлэнии түһүлгэтигэр күүтэбит, доҕоттор!
Бэй.кэр.
