Атырдьах ыйын 1 күнүн түүнүгэр Нам улууһун II Хомустааҕар тыатааҕы киирэн дьону-сэргэни куттаата.
Эһэ бөһүөлэк иһигэр киирэн хас даҕаны ыал тэлгэһэтигэр “ыалдьыттаабыт”. Дьолго ким даҕаны кини суолугар түбэһэ түспэтэх, эмсэҕэлээбэтэх. Ол да буоллар, кыыл дьоҥҥо-сэргэҕэ, сүөһүгэ кутталы үөскэппитинэн, тута бултаатылар.
Бэй.кэр.
Хаартыска: nut-g.livejournal.com
