РИА сонуннара иһитиннэрэринэн, балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэ биэрээччилэр 3 саастарын туола илик оҕолоох ийэлэри кытта үлэ дуогабарын түһэрсэллэригэр саҥа улырыйыы киириэҕэ. Ол курдук, кинилэргэ холоон, тургутан көрүү болдьоҕун аныыллара тохтуоҕа. Бу быраабыла ийэтэ суох кыра оҕону көрөр дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах буолуо.
Эргэ быраабыланан, холоон көрүү болдьоҕо 1,5 саастарыгар туола илик оҕолоох ийэлэргэ уонна ийэтэ суох оҕолору көрөөччүлэргэ эрэ туттуллара. Билигин оҕо сааһын үһүгэр диэри диэн үрдэтэн биэрдилэр. Онон балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэ биэрээччилэр үһүгэр диэри саастаах оҕолоох ийэлэргэ тургутан көрүүнү анаабат буолуохтара. Өскөтүн сокуону кэһиилээх дуогабар түһэрсилиннэҕинэ, тута олоҕо суоҕунан ааҕыллыа. Онон кыра оҕолоох ийэлэр үлэҕэ киирэргитигэр ити быраабыла тутуһулларын ирдэһэргит уонна дуогабарга сыыһа баарын ыйаргыт оруннаах.
Kyym.ru
Хаартыска: Аан ситимтэн.
