Атырдьах ыйын 31 күнүгэр Дьокуускай куораты уонна киин улуустары ойуур баһаардарын буруота өссө да саба бүрүйэн турар.
СӨ Экологияҕа министиэристибэтин дааннайынан, сүрүн буруону Краснаярскай сириттэн тыал үрэн аҕала турар. Бэҕэһээ (атырдьах ыйын 30 күнүгэр) кыраайга уот турбут сирин иэнэ 20 тыһ. гаа-нан эбиллибит, онон уопсайа 588,3 гаа күдэҥҥэ көтө турар диэн аахпыттар. Муҥур улахан баһаардар бу эргин Эбэҥки, Туруханскай, Енисей уонна Таймыыр Долган-Ненец оройуоннарыгар умайа сыталлар. Оттон Саха сиригэр улахан уоттар Үөһээ Бүлүү, Мииринэй, Ньурба уонна Уус Алдан улуустарыгар киһи да, тиэхиньикэ да кыайан тиийбэт чиэски сирдэригэр бааллар.
Буруо кэмигэр олохтоохтору уһуннук таһырдьа сылдьартан туттуналларыгар, түннүктэри уонна ааннары аһаҕас хаалларбаттарыгар, дьиэни-уоту сууйа-сото сылдьалларыгар сүбэлииллэр. Оҕолорго уонна аҕам саастаах дьоҥҥо болҕомто ууруохха наада, күөмэй уонна сүрэх ыарыылара бэргиэхтэрин сөп. Өскөтүн киһи доруобуйата эмискэ мөлтөөн бардаҕына, суһал көмөҕө эрийиэххэ наада.
Ойуурга уот турбутун бэлиэтии көрдөххүтүнэ: ✔8-800-100-94-00 ✔8 (4112) 44-74-76 ✔8 (4112) 44-77-28 нүөмэрдэргэ эрийэн биллэриэххэ наада. Оччоҕо уоту кэмигэр улаатыннарбакка умулларар кыах үөскүүр.
Kyym.ru.
Хаартыска: Kyym.ru.
“Кыым” хаһыат MAX ханаалыгар суруйтар: https://max.ru/join/db9mNXa521xrlrCKpuR1giif2-TeEMK9592hLc0ABcU
