Киир

Киир

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко Арктикаҕа туттуллуон сөптөөх дирижабылы тутар саҥа бырайыак тула ВКС сибээһинэн кэпсэтии ыытта.  

Манна сүрүн иһитиннэриини  «Бэдфорд групп» транспортнай - экспедиторскай компания генеральнай дириэктэрэ  Владимир Ворошилов оҥорбут. Кини бу бырайыак олоххо киирэр каартатын, Кэскиллээх чинчийиилэр Пуондаларын сакааһынан Саха сирин кыһалҕаларын быһаарарга 100-тэн 500 киилэҕэ тиийэ курууһу көтөҕөр дирижабль көрүҥүн айан таһаарар сорук туһунан кэпсээбит. Ону сэргэ бу дирижабылга үлэлиэн сөптөөх кадрдары бэлэмниир ирдэнэрин ыйбыт.

«Долгопрудненскай автоматикаҕа конструкторскай бюрота» АУо генеральнай дириэктэрэ Юрий Кузнецов тэрилтэтин оҥорон таһаарар кыамтатын билиһиннэрбит. Билигин кинилэр 30 туоннаҕа тиийэ курууһу көтөҕөр,  быһа холуйан 4 тыһ. км. ырааҕы өксөйөр дирижабыллары оҥорон таһаараллар. Конструкция уһуна  – 130, диаметра – 30 миэтэрэ буолар эбит.

Мунньах түмүгэр Андрей Тарасенко СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр саҥа дирижабылы туһаныан баҕалаахтары кытта сөбүлэһии түһэрсэргэ сорудах биэрдэ.

Арктикаҕа аналлаах дирижабль тутуллар бырайыага 2022 сыл ыам ыйыгар диэри оҥоһуллан бүтүөхтээх.

Бүтэһик сонуннар