Киир

Киир

Олунньу 12 күнүгэр П.Н., Н.Е. Самсоновтар ааттарын сүгэр Хатас орто оскуолатыгар эбии тутуллар дьиэ бастакы сыбаайатын түһэрбиттэр.

120 миэстэлээх эбии дьиэ уопсай иэнэ 4 908 кв. м. буолуо. Тутууну ыытар сүрүн бэдирээччик ООО «Ориентир-14».

Бастакы сыбаайаны түһэрэр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ үөрэххэ уонна билимҥэ миниистирэ Владимир Тихонов 2024 сылга диэри 20 үөрэх эбийиэгэ тутуллуо диэн иһитиннэрбит. Ону сэргэ Дьокуускай куоракка уонна куорат эргин эбии 12 тыһ. үөрэнээччи миэстэтэ тэриллиэ диэбит.

Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев:

«Эбии тутуллар оскуола дьиэтэ үс этээстээх, аныгы тэрилинэн хааччыллыылаах, киэҥ-куоҥ остолобуойдаах, успуорт уонна аактабай саалалаах, бибилэтиэкэлээх, уһанар мастарыскыайдаах буолуо», - диэн биллэрбит.

Билигин Хатас орто оскуолатыгар 947 оҕо икки симиэнэнэн үөрэнэллэр. Оскуола эбии дьиэтэ үлэҕэ киирдэҕинэ үөрэнээччилэр биир симиэнэн үөрэниигэ көһүөхтэрэ.

Агро хайысхалаах Хатас оскуолата бастыҥнар ахсааннарыгар киирэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар