Арассыыйа Федерациятын бырабыыталыстыбатын вице-премьера Татьяна Голикова салайааччылаах Федеральнай суһал ыстаап быһаарыытынан, Дьокуускайтан көтөр дойдулар икки ардыларынааҕы эриэйсэлэри сөргүтүөхтэрэ. Бу туһунан Саха сирин Ил Дархана олунньу 14 күнүгэр эппит.
«Биһиги бу боппуруостары хаста даҕаны көтөхпүппүт, ол эрээри, хамсык туруга сытыырхайбытыттан сылтаан, ити боппуруоһу тохтоппуппут. Оттон олунньу 12 күнүгэр федеральнай суһал ыстаап Дьокуускайтан көтөр дойдулар икки ардыларынааҕы эриэйсэлэри саҥардыы туһунан быһаарыыны ылынна. Билигин биһиги бу дьаһалы толоруох тустаахпыт, «Якутия» авиахампаанньа норуоттар икки ардыларынааҕы эриэйсэлэрин сөргүтэргэ бэлэмнэнии үлэтин ыытыахтаахпыт», — диэн Айсен Николаев этэр.
Санатар буоллахха, хамсык саҕаланыан уонна кыраныыссаны сабыах иннинэ, «Якутия» авиахампаанньа Кореяҕа, Китайга, Японияҕа уонна Узбекистаҥҥа диэри дойдулар икки ардыларынааҕы эриэйсэлэри оҥорор этилэр. Дьокуускай аэропуордуттан эрдэ Таилаҥҥа уонна Вьетнамҥа диэри чартернай эриэйсэлэр эмиэ оҥоһулла сылдьыбыттара.