Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап киинэ иһитиннэрэринэн, бүтэһик суукка иһигэр 1 557 киһи саҥа хоруона вируһунан ыарыйда. Бу иннинээҕи күн көрдөрүү 1 354 этэ. Оттон үтүөрбүт киһи ахсаана – 4 085.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабаратыарыйаларыгар саҥа хоруона вируһун булууга 5 438 чинчийии оҥоһуллубут. Хамсык саҕаланыаҕыттан 2 093 423 тиэст чинчийиллибит.
-Дьокуускай куоракка ыалдьыбыт киһи ахсаана – 684,
- Алдан оройуонугар – 117,
- Мэҥэ Хаҥаласка – 106,
- Ленскэйгэ – 60,
- Нерюнгри оройуонугар – 56,
- Томпоҕо – 54,
- Ньурба – 49,
- Хаҥалас улууһугар – 44,
- Мииринэйгэ – 38,
- Бүлүү оройуонугар – 37,
- Сунтаар улууһугар – 35,
- Таатта оройуонугар – 34,
- Чурапчыга – 31,
- Аммаҕа, Үөһээ Дьааҥыга – 26-лыы,
- Эбээн-Бытантай оройуонугар – 22,
- Абый, Эдьигээн улуустарыгар – 17-лии,
- Орто Халыма – 16,
- Өлүөхүмэҕэ – 15,
- Горнай улууһугар – 14,
- Анаабыр оройуонугар – 13,
- Аллайыаха, Нам оройуоннарыгар – 12-лии,
- Усуйаанаҕа – 10,
- Булуҥҥа – 6,
- Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи улуустарыгар – 2-лии,
- Өлөөн, Уус Алданг улуустарыгар – 1-дии.
Федеральнай суһал ыстаап киинэ иһитиннэрэринэн, олунньу 17 күнүнээҕи туругунан, 96 киһи, ол эбэтэр ыалдьыбыт дьонтон 7,1% балыыһаҕа сытан эмтэнэр.
Санатар буоллахха, олунньу 11 күнүгэр Саха сиригэр хамсык хааччахтара сымнаабыттара. Айсен Николаев саҥа уурааҕынан, атыы-эргиэн кииннэригэр киириигэ QR-куот көрдөөбөт буолбуттар. Маны таһынан, уоппуска эбэтэр өрөбүллэр кэннилэриттэн үлэҕэ тахсыыга ПЦР уонна ИХА-тиэст ирдэбилэ тохтообут.
Сахабыт сирин үрдүнэн эрэстэрээннэр, кафелар, остолобуойдар, буфеттар, баардар, банкыатынай саалалар уонна даҕаны атын уопсастыбаннай аһылык тэрилтэлэрэ түүн 00.00 чааска диэри үлэлиир буолбуттара.
Ойуу https://www.kommersant.ru/ саайтан ылылынна