Бэс Күөл 150 миэстэлээх саҥа оскуолата толору миэбэлинэн, үөрэнэр-лабаратыарынай тэриллэринэн, көмпүүтэринэн, интэрэктиибинэй дуоскаларынан хааччыллыа. Бырайыак доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо тоҕоостоох эйгэ олохтонорун туһугар бары өттүнэн сөптөөх элимиэннэрдээх буолуоҕа.
Саҥа оскуола икки этээстээх таас дьиэтин тутуу быйыл саҕаланыаҕа, бу соругу ситиһэргэ федеральнай үп көрүллүөҕэ. Бэс Күөлгэ саҥа оскуоланы тутуу боппуруоһа СӨ Ил Дархана Айсен Николаев көҕүлээһининэн, Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Николаевич Путин дьаһалын испииһэгэр киирбитэ.
«Бэс Күөл үөрэнээччилэрэ хаачыстыбаннай уонна аныгы үөрэҕи ылалларын туһугар сөптөөх усулуобуйаны олохтооһун улахан суолталаах. Бэс Күөл нэһилиэгэр саҥа оскуоланы тутуу – барыбыт уопсай эппиэтинэһэ. Үлэ хаачыстыбаннайдык уонна кыраапык быһытынан сөпкө ыытыллан иһиэхтээҕэ сүдү суолталаах», - диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев сүрүн соругу туруорар.