Эрэгийиэннээҕи суһал ыстаап киинэ иһитиннэрэринэн, бүтэһик суукка иһигэр 1003 киһи саҥа хоруона вируһунан ыарыйда. Оттон үтүөрбүт киһи ахсаана – 916.
- Дьокуускай куоракка ыалдьыбыт киһи ахсаана – 291,
- Мэҥэ-Хаҥаласка – 102,
- Ленскэйгэ – 63,
- Тааттаҕа – 55,
- Нерюнгрига - 50,
- Бүлүү улууһугар – 49,
- Алдан оройуонугар – 42,
- Үөһээ Бүлүүгэ – 38,
- Өймөкөөн, Хаҥалас улуустарыгар – 33,
- Сунтаар улууһугар – 32,
- Мииринэйгэ – 28,
- Кэбээйигэ – 26,
- Уус Алдан улууһугар – 24,
- Өлүөхүмэҕэ, Эдьигээҥҥэ – 21,
- Усуйаанаҕа – 18,
- Абыйга – 15,
- Ньурба оройуонугар – 14,
- Өлөөн оройуонугар – 11,
- Чурапчыга – 9,
- Анаабырга – 8,
- Булуҥҥа, Муомаҕа – 7-лии,
- Орто Халымаҕа – 3,
- Аммаҕа – 2,
- Үөһээ Халымаҕа – 1.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабаратыарыйаларыгар саҥа хоруона вируһун булууга 1 673 чинчийии оҥоһуллубут. Хамсык саҕаланыаҕыттан 2 118 817 тиэст чинчийиллибит. COVID-19 ыалдьыбыт дьонтон 40 «дельта» штаммы кытта сибээстээх эбит, бу көрүҥ биир уратыта – киһи ыарыыны ыараханнык аһарар. Улаханнык ыалдьыбыт дьон бары кэриэтэ быһыыны ылбатахтар эбит.
Быһыы бастакы компоненын 594 416 киһи ылбыт (улахан дьон 82,9%). Быһыыны хаттаан ылыы ахсаана - 142 340, бу ылыахтаах дьон 59,6% ылар.
Хаартыска аһаҕас источниктартан ылылынна.