Киир

Киир

ТАСС иһитиннэрэринэн, «Аэрофлот» авиахампаанньа бүгүҥҥэттэн Дьобуруопа бары судаарыстыбаларыгар көтүүнү тохтотто.

«Дьобуруопа былаастара олохтообут хааччахтарыттан сылтаан, аныгыскыга көтүү туһунан иһитиннэриэхтэригэр диэри, «Аэрофлот» авиахампаанньа 2022 сыл олунньу 28 күнүттэн Дьобуруопаҕа диэри көтүүнү тохтотор», - диэн этиллибит.

Оттон бэҕэһээ, олунньу 27 күнүгэр, Дьобуруопа хамыыһыйатын баһылыга Урсула фон дер Ляйен Арассыыйа судаарыстыбаннай уонна чааһынай сөмөлүөттэрин халлааҥҥа көтөр суолларын сабабыт диэн биллэрбитэ. Кини быһаарбытынан, бу көтөр ааллар «түһүө, көтүө эбэтэр Дьобуруопа сирин-уотун үрдүнэн көтөн ааһыа даҕаны суохтаахтар». Субу маннык быһаарыныыны эрдэ атын дойдулар былаастара эмиэ ылыммыттара, ол курдук, Франция, Австрия, Германия уонна Исландия судаарыстыбалара маннык хааччахтары биллэрбиттэрэ.

Украинаҕа буола турар байыаннай эпэрээссийэттэн сылтаан, бу дойду уонна ыаллыы олорор Молдавия былаастара халлааҥҥа көтөр суоллары эмиэ саппыттара.

Маннык хааччахтартан сылтаан, дойдубут улахан авиахампаанньалара бэйэлэрин морсурууттарын уларытарга күһэлиннилэр.