Эрэгийиэннээҕи суһал ыстаап киинэ иһитиннэрэринэн, бүтэһик суукка иһигэр 950 киһи саҥа хоруона вируһунан ыарыйда. Бу иннинээҕи күн 975 киһи ыалдьыбыт эбит.
- Дьокуускай куоракка ыалдьыбыт киһи ахсаана – 251,
- Мэҥэ-Хаҥаласка – 60,
- Алдан оройуонугар – 50,
- Бүлүү улууһугар – 45,
- Орто Халымаҕа – 44,
- Нерюнгрига - 40,
- Ньурба улууһугар – 39,
- Өлүөхүмэҕэ - 35,
- Намҥа – 32,
- Ленскэй, Хаҥалас улуустарыгар – 30-туу,
- Мииринэйгэ – 29,
- Үөһээ Дьааҥыга, Сунтаарга – 24-түү,
- Үөһээ Бүлүү улууһугар – 22,
- Тааттаҕа, Томпоҕо – 21-дии,
- Уус Алдан улууһугар – 18,
- Кэбээйигэ – 17,
- Эдьигээн, Өлөөн оройуоннарыгар – 15-тии,
- Абыйга, Аммаҕа – 14-түү,
- Усуйаанаҕа – 12,
- Чурапчыга – 9,
- Булуҥҥа, Анаабырга, Булуҥҥа – 8-тыы,
- Муомаҕа, Өймөкөөҥҥө – 6-лыы,
- Горнай улууһугар – 3.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабаратыарыйаларыгар саҥа хоруона вируһун булууга 1 791 чинчийии оҥоһуллубут. Хамсык саҕаланыаҕыттан 2 127 309 тиэст чинчийиллибит.