Эрэгийиэннээҕи суһал ыстаап киинэ иһитиннэрэринэн, бүтэһик суукка иһигэр 912 киһи саҥа хоруона вируһунан ыарыйда. Бу иннинээҕи күн 950 киһи ыалдьыбыта.
Дьокуускай куоракка ыалдьыбыт киһи ахсаана – 197,
Мэҥэ-Хаҥаласка – 65,
Нерюнгрига - 57,
Бүлүү улууһугар – 47,
Алдан, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар – 46-лыы,
Мииринэйгэ – 40,
Намҥа – 37,
Сунтаарга – 35,
Үөһээ Дьааҥыга – 33,
Ньурба улууһугар – 32,
Таатта, Хаҥалас улуустарыгар – 31-дии,
Ленскэйгэ – 29,
Орто Халымаҕа – 27,
Өлүөхүмэҕэ - 24,
Томпоҕо – 17,
Абыйга – 16,
Чурапчыга – 15,
Кэбээйи, Өлөөн оройуоннарыгар – 12-лии,
Эдьигээҥҥэ - 11,
Өймөкөөҥҥө – 10,
Уус Алдан улууһугар – 8,
Аммаҕа – 7,
Усуйаанаҕа – 6,
Булуҥҥа, Муомаҕа – 5-тии,
Аллайыаха, Горнай оройуоннарыгар – 4-түү,
Анаабырга – 3.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабаратыарыйаларыгар саҥа хоруона вируһун булууга 1 490 чинчийии оҥоһуллубут. Хамсык саҕаланыаҕыттан 2 128 799 тиэст чинчийиллибит.