Аан дойдуга биллэр «Википедия» онлайн-энциклопедия Роскомнадзортан Арассыыйаҕа үлэҕитин тохтотуохпут диэн сааныылаах суругу тутта. Бу туһунан «Русская Википедия» твиттергэ суруллубут.
«Википедия» үлэтэ Арассыыйаҕа тохтуон сөптөөх биричиинэтинэн, РКН бу саайка «Вторжение России на Украину (2022)» диэн ыстатыйата буолбут диэн сабаҕалыыр.
Биэдэмистибэ этэринэн, бу ыстатыйаҕа «сокуону кэһиилээх сырдатыы киирбит, ол эбэтэр: Арассыыйа Федерациятын байыаннай сулууспалааччыларын, Украина олохтоохторун, быыһыгар оҕо аймахха төһө элбэх сиэртибэ баарын туһунан сибидиэнньэлэр, тас дойдулар санкцияларыттан сибээстээн, Арассыыйа Федерациятын бааннарын усчуоттарыттан харчыны устуу булгуччулааҕын» туһунан суруллубут..
РКН суругар «Википедия» мобильнай көрүҥэр эрэ сааныы туһуламмытын туһунан сыылката баар эбит эрээри, үлэни тохтотуу итиннэ эрэ сыһыаннааҕа чопчу биллибэт.
Арассыыйа «байыаннай эпэрээссийэтэ» саҕаламмытын кэнниттэн, Украина сиригэр-уотугар Роскомнадзор «Настоящее время», «Крым.Реалии», The New Times саайтар, Doxa устудьуоннар изданиеларын уонна Украина маассабай сырдатар ньымаларын (СМИ) үлэлэрин тохтоппута. Маны таһынан, «Дождь», «Эхо Москвы» саайтар уонна араадьыйалар ыстаансыйаларын үлэлэрэ тохтотуллубуттара.
Маассабай сырдатар ньымалар (СМИ) юстицияларын министиэристибэтэ бигэргэтэринэн, «Дождь», «Настоящее время» уонна «Крым. Реалии» саайтар тас дойдулар эгиэннэрин пуунсуйатын толороллор эбит.
Ылыллыбыт сигэтэ: https://daily.afisha.ru/news/