Киир

Киир

Дойду баһылыга Владимир Путин 8-16 саастаах оҕолоох кыра дохуоттаах ыалларга эбии төлөбүр олохтонорун Дьахтар күнүнэн эҕэрдэтигэр биллэрдэ. Бу дьаһал муус устар 1-гы күнүттэн олоххо киириэҕэ, онуоха бастакы төлөбүрү ыаллар ыам ыйыттан саҕалаан ылыахтара диэн кини чопчулаата.

Бэрэсидьиэн оҕолоноору сылдьар ийэлэргэ, ону таһынан 7 саастарыгар диэри оҕолоох ыалларга уонна 8-тан 16-гар диэри саастаах оҕону иитэр аҥаардас төрөппүттэргэ ый ахсын көмө харчы төлөнө турарын туһунан санатан эттэ.

“Оҕолоох ыаллары өйөөһүн cудаарыстыба сүрүн соруга”, - диэн Владимир Путин дьаһал суолтатын чиҥэтэн биэрдэ.

Саҥа төлөбүрү региоҥҥа олохтоммут биир киһи ыйдааҕы олорор минимумун учуоттаан аныахтара. Ону сэргэ ыал биир киһиэхэ тиксэр дохуотун, бас билэр баайын-дуолун, хамнаһын, атын дохуотун көрүөхтэрэ. Төлөбүр халбаҥнаабат кээмэйэ регионнааҕы олорор минимум 50%-нын ылыаҕа, ол эбэтэр дойду үрдүнэн ортотунан 6150 солкуобай. Онуоха ыал биир киһиэхэ тиксэр дохуота олорор минимумтан төһө намыһаҕын көрөннөр, минимум 75%-нын эбэтэр 100%-нын аныахтара.   

И
һитиннэрии төрдө: ТАСС

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар