Киир

Киир

Кытайга биир күн иһигэр 3400 киһи саҥа хоруона вируһунан ыалдьыбыт. «Российская газета» суруйарынан, бу – хамсык саҕаланыаҕыттан Кытайга муҥутуур элбэх көрдөрүү.

Ыарыы наһаалаабытын иһин, дойду үрдүнэн оскуолалары уонна хотугулуу-илин баар куораттары саппыттар. Бу эҥэр баар Цзилинь куораты сорох сиринэн бүөлээбиттэр, оттон Яньцзи диэн Хотугу Кореяны кытта кыраныыссалаһар, 700 000 нэһилиэнньэлээх куораты толору сабан кэбиспиттэр.

Кытай былааһа хамсык бириэмэтигэр туспа хааччахтары тутуһар. Ол курдук, маассабай скрининнары оҥортолуур, олохтоохтору анал сыһыарыынан ханна, хайа диэки баралларын барытын кэтээн көрөр эбит. Оттон дойду кыраныыссата сабыылааҕынан биллэр.

Цзилинь провинциятын доруобуйаҕа харыстабылын департаменын бэрэстэбиитэлэ субу маннык хааччаахтааһыннар толору эрэлэ суохтар уонна омикрон көрүҥэ кутталлааҕын үчүгэйдик өйдүү иликпит диэн эппит. Чунуобунньук мэдиссиинэ ресурсата тиийбэтиттэн дьаарханар эбит. Кулун тутар 13 күнүнээҕи туругунан, ити провинцияҕа омикронунан сутуллааччы ахсаана 500-н тахса буолбут.