Москуба куоратыгар булгуччу маасканы кэтии эрэсиимин бүгүҥҥэттэн, кулун тутар 15 күнүттэн тохтоттулар. Дойду киин куоратын баһылыга Сергей Собянин бу туһунан кулун тутар 14 күнүгэр ыйаах таһаарбыт.
Хамсык туруга тупсан, Москуба олохтоохторугар биир булгуччулаах хааччахтааһын көтүлүннэ.
«Оптуорунньуктан, бу сыл кулун тутар 15 күнүттэн, киһини харыстыыр маасканы кэтиини булгуччута суоҕунан ааҕабыт, хааччахтааһыны тохтотобут», - диэн улуу куорат тойоно бэйэтин булуогар суруйбут.
Маны таһынан, тэрилтэлэргэ хамсык утары булгуччулаах хааччахтааһыннар тохтотулуннулар: киһи температуратын кээмэйдээбэт, үлэлиир сиргэ харыстанар соҕоруоккалары, быыстары туруорбат буолуохтара уо.д.а.
«Билиҥҥи усулуобуйалары учуоттаан туран, сааҥсыйа баттабылын тулуйа сылдьар урбаан эйгэтин өйүүр туһуттан, маннык быһаарыныы ылылынна», - диэн Собянин даҕатан этэр.
Хамсык туругун көрдөрүүлэрэ тупсан, бүтэһик нэдиэлэ иһигэр саҥа хоруона вируһунан сутуллуу 41,9%-н аччаабыт.
Кулун тутар 12 күнүгэр Арассыыйа Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин баһылыгын солбуйааччы Андрей Плутницкай бэлиэтээбитинэн, саҥа хоруона вируһуттан өлүү көрдөрүүтүн кыччааһына Арассыыйаҕа маассабайдык быһыыны ылыы үлэтэ үчүгэйдик барбытын туоһутунан ааҕар. Кини, маны таһынан, ыарыыны эмтиир саҥа ньымалары киллэрии эмиэ көдьүүстээх диэн эбэн этэр.
ИЗВЕСТИЯ саайтан