Киир

Киир

СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров кулун тутар 23 күнүнээҕи брифиҥҥэ дойдуну ас-үөл өттүнэн хааччыйыы туһунан ыйытыыга хоруйдаата.

Кини "Якутоптторг" дааннайыгар олоҕуран этэринэн, «Аллараа Бэстээх» станцияҕа 200 туонна  бурдук тиэйиилээх 3 вагон кэлэн сүөкэммит.   67 туонна саахардаах 1 вагон станцияҕа бүгүн кэлиэхтээх.

Бу кэмҥэ өссө 18 вагон 1205 туонна бурдугу "Якутоптторг" сакааһынан тиэйэн иһэр эбит. Саха өрөспүүбүлүкэтин сыана бэлиитигэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ (СБСК) кэнники 4 күҥҥэ сыана 1-тэн 3 %-ҥа диэри үрдээһинэ бородуукта 19 көрүҥүгэр таҕыста диэн иһитиннэрбит (гречневай курууппа, хаппыыста, помидоры уонна д.а.). Оттон сыана 2 %-нан намтааһына 13 көрүҥҥэ бэлиэтэммит (моркуоп, хара чэй, сымыыт уонна д.а.). Луук уонна апельсин сыаната уларыйбатах диэн буолла.  

Сыананы олоҕо суох үрдэтии иһин СӨ СБСК борокуратуураҕа 227 дьыаланы киллэрбит.

Санааҕын суруй