Киир

Киир

Бэҕэһээ,  кулун тутар 27 күнүгэр, киин куоракка V-с «Аҕа күрэҕэ» буолан ааста. Быйылгы күрэх САССР тэриллибитэ 100 сылыгар, Дьокуускай куорат  олохтоммута 390 сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Ийэ сылыгар ананна.  

Сайсары күөл үрдүгэр ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ куорат 7 уокуругуттан уонна 6 эргиниттэн 15 дьиэ кэргэнинэн хамаанда кытынна.

Аҕалар уонна уолаттар бэрэбинэни суорууга, мас хайытыыга, ойбон алларыыга, остуолбаҕа ыттыыга куоталастылар. Ону таһынан, бэйэлэрин айымньылаахтык билиһиннэриигэ илин былдьастылар.  

Күүрээннээх киирсии түмүгүнэн, Строительнай уокурукка олорор дьиэ кэргэн Дьячковтар үһүс миэстэҕэ тигистилэр. Кинилэр Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатыттан 20 тыһ. солкуобайы уу харчынан туттулар. Иккис миэстэни Пригороднай сэлиэнньэттэн Сивцевтэр дьиэ кэргэн ыллылар. Кинилэр дьиэлэригэр 35 тыһ. солк. тутуурдаах бардылар. Муҥутуур кыайыылааҕынан Киин уокурукка олохтоох дьиэ кэргэн Винокуровтар буоллулар. Кинилэргэ кыайыылаах кубогын кытта 50 тыһ. солк. биэрдилэр. Бириистэри барытын баһылык Евгений Григорьев өйөбүлүнэн Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтата туруорда.

Кыайыылаахтар уонна бириистээх кыттааччылар муус устар 2-3 күннэригэр Чурапчы улууһун Сылаҥ сэлиэнньэтигэр ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕэ – 2022» тэрээһиҥҥэ Дьокуускай аатын көмүскүү тиийиэхтэрэ. Экчи ити күннэргэ Аҕа уонна Уол оҕо күнэ бэлиэтэниэхтээх. Киин куораттааҕы V-с «Аҕа күрэҕин» Дьокуускай куорат аҕаларын сүбэтэ уонна Дьокуускай уокуруктааҕы дьаһалтатын Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр салаата тэрийдилэр. Бу күрэс сүрүн соруга уопсастыбаҕа аҕа суолтатын үрдэтии, чөл олоҕу успуорт, дьиэ кэргэн, омук төрүт үгэстэрин нөҥүө көҕүлээһин буолаллар.   

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар