Киир

Киир

Бүгүн, муус устар 5 күнүгэр, үрдүк дабылыанньалаах гаас турбатын өрөмүөнүгэр былааннаммыт үлэ чэрчитинэн, Хатыҥ Үрэххэ турар 147 дьиэ гааһын араарыахтара. Үлэ сарсыарда тоҕустан киэһэ 21.00 чааска диэри ыытыллар. Үлэһиттэр ити эҥэргэ баар дьиэ хаһаайыттарын гаас усчуотчугун иннинээҕи кырааннарын сабалларын көрдөһөллөр.

Гаас арахсыытынан хааччахтанар оройуоннар:

— Достоевскай уулуссата;

— «Север» ДСК — «С», «Т», «Р», «Ф» уулуссалар;

— Тоборуков уулуссата;

— Стрела переулога.

«Былааннаммыт, өрөмүөннүүр уонна чөлүгэр түһэрии үлэ 530 мм.-ээх ГРС-Жатай гааһын турбатыгар ыытыллыаҕа. Гаас турбата куталаах сиргэ баарын иһин, испэсэлиистэр сир тоҥ соҕус эрдэҕинэ үлэни ыытыылара оруннаах. Чөлүгэр түһэрии үлэтэ түмүктэннэҕинэ, гааһы ыытыы олохтонуо», - диэн «Сахатранснефтегаз» АУо Гаас ситимин түҥэтэр управление инженерэ Михаил Иванов этэр.

«Сахатранснефтегаз» АУо санатарынан, былааннаммыт үлэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар гааһы куттала уонна тохтоло суох ыытыы туһуттан ыытыллар.

Источник: «Сахатранснефтегаз» АУо пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар