Киир

Киир

Алмаастаах кыраай киинигэр кыһыны атаарыы – биир саамай көрдөөх-нардаах, ырыалаах-тойуктаах, элбэх астаах-үөллээх бырааһынньык.

Кыһыны атаарыы кулун тутар ый 16 күнүгэр, эбиэт кэмигэр куорат пааркатыгар саҕаланыаҕа. Ким баҕарар сибиэһэй салгыҥҥа тото-хана аһыырын сөбүлүүр. Бырааһынньыктааччыларга анаан ас-үөл эрээттэригэр шашлык арааһыттан, сып-сылаас, арыылаах блинылар, расстегайдар, бубликтар, халаачыктар, пончиктар, төп-төгүрүк бирээнньиктэр, барыанньалаах бөрүөктэр, киһи айаҕар ууллар мип-минньигэс туортар, пирожнайдар, эклердар атыыланыахтара. Дьэ онтон, паарка килбэйэр киинигэр элбэх кыттааччылаах кэнсиэрт буолуоҕа.

Манна “Алмаас”, “Туой Хайа”(Арыылаах) , “Каскад”(Светлэй) култуура дьиэлэрин уус-уран кэллэктииптэрэ кыттыыны ылыахтара, ыллаан дьиэрэтиэхтэрэ, үҥкүүлээн тэлээриэхтэрэ. Оттон успуорду сэҥээрээччилэргэ анаан-минээн «Муус остуолба», киирэ көтөҕүү, сыттыктарынан бэрсиһии күрэхтэһиилэрэ ыытыллыахтара.

Нуучча норуотун былыргы үгэһинэн кырыа кыһын чуучулатын уматыы туома саамай көстүүлээх сиргэ буолуоҕа.

Дьиэрэй хормуоскам

Станислав Алексеев. Мииринэй куората. Ааптар хаартыската.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар