Кулун тутар 10 күнүттэн саҕалаан «Аллараа Бэстээх» тимир суол станциятыгар араас бородуукталаах 600-тэн тахса вагон кэлэн сүөкэммит. Ол туһунан Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров өрөспүүбүлүкэ аһынан-үөлүнэн хааччыллыытын туһунан брифинигэр иһитиннэрбит.
Вице-премьер эппитинэн, Айсен Николаев сүбэ мунньаҕар тутаах суолталаах бородууктаны, табаары сайыҥҥы өрүс суолунан тиэрдиигэ бэлэмниини саҕалыыр соругу туруорбут. Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэ аһынан-үөлүнэн хааччылыыта, айанын учуоттаан, биирдиилээн атыыга – 98 күн, кууһунан атыыга – 130.
СӨ Сыанаҕа бэлиитикэтин кэмитиэтин көрдөрүүтүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ кэнники 4 күн устатыгар сыана 6%-ҥа тиийэ үрдээһинэ бородуукта 19 көрүҥүгэр көстөр (сибиинньэ этэ, чэй, мас арыыта, моркуоп, сүбүөкүлэ, саахар уонна да атыҥҥа). Сыана 2%-ҥа диэри намтааһына 6 көрүҥҥэ көстөр (ынах этэ, ынах арыыта, моркуоп, сүбүөкүлэ, оҕурсу, оҕо бэлэм аһылыга). Урукку сыананан үүт, сымыыт, туус, бурдук, килиэп уонна да атын атыылана тураллар.
СӨ Сыанаҕа бэлиитикэтин кэмитиэтэ СӨ Борокуратууратын кытта сыана олоҕо суох үрдээһинигэр үлэни күннэтэ ыытар.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата