Киир

Киир

Муус устар 25 күнүттэн түргэн сырыылаах салгын сыттыктарынан өрүһүнэн Дьокуускай (203 мкр., Ларионов уул. 16)-Аллараа Бэстээх айан суола арылынна. Эриэйистэр отуттуу мүнүүтэ буола-буола оҥоһуллуохтара.

neptun1 1 960x640

Халаан уута суоһуур кэмигэр хас биирдии олорсооччуттан 1500 солк. социальнай тарифтаах буолуоҕа. Оттон навигация бириэмэтигэр тариф 500 солк. буолар. Аҕа Дойду Улуу сэриитин, тыыл, үлэ, байыаннай дьайыылар бэтэрээннэригэр уонна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ 20% чэпчэтии көрүллүөҕэ.

Маны таһынан, «Алмазэргиенбанк» Аахсыйалаах Кэмиэрчэскэй бааныттан «Свои» диэн лояльность бырагырааммата үлэлиир.

«Ленатурфлот» хампаанньа «Нептун» суудалара мууһунан, уунан, кураанах сиринэн даҕаны айанныыллар уонна 80 км/ч диэри түргэтиир кыахтаахтар. Онон, Дьокуускайтан Аллараа Бэстээх кытылыгар диэри 20 мүнүүтэнэн тиийэллэр.

Билсэр төлөпүөн нүөмэрэ: 8 967 925-00-06, «Ленатурфлот» ХЭТ.

neptun

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар