Анголаҕа (Африка) Арассыыйа посола Владимир Тараров “Арҕааҥҥы дойдулар Африка судаарыстыбаларын билигин Украинаҕа буола турар иирсээҥҥэ Арассыыйаны утары кыттыһыннара сатаан араас кэрээнэ суох быһыыны барытын оҥороллор” диир.
Посол этэринэн, арҕааҥҥы дойдулар ону ситиһэ сатаан, африкалары сантаастыыллар, куттууллар эбит. Тараров “ХНТ Генеральнай ассамблеята Арассыыйаны утары резолюцияны ылынарыгар, Африка дойдулара бары кэриэтэ онно кыттыһартан туттуммуттара. Төһө да ыгыы-түүрэйдээһин улаханын иһин, ким да Арассыыйаны утары куоластаабатаҕа” диэн сырдатар.
Биллэрин курдук, муус устар 7 күнүгэр ХНТ Генассамблеята Арассыыйаны Киһи быраабын сэбиэтиттэн таһаарар туһунан боппуруоһу куоластааһыҥҥа туруорбутугар, онно 93 судаарыстыба сөбүлэспитэ, 24 – утарбыта, 58 – туттуммута. Инньэ гынан, Арассыыйа бу Сэбиэккэ хаалбыта эрээри, тыл этэр уонна куоластыыр быраабын былдьаппыта.