Киир

Киир

Ыам ыйын 5 күнүгэр Минскэйдээҕи «РИА Новости» саайтыгар сурулларынан, НАТО Илиҥҥи Дьобуруопаҕа күүһүн икки төгүл улаатыннарбыт, ол эбэтэр, күүстээхтик сэриигэ бэлэмнэнэр. Бу туһунан Белоруссия Сэбилэниилээх сэриитин ыстаабын салайааччытын солбуйааччы Руслан Косыгин эппит.

«Биир түмсүүлээх Арҕаа Дойдулар Илин, Соҕуруулуу-Илин Дьобуруопаҕа сэрии бөлөхтөрүн күүһүрдэн эрэллэр. Маныаха, илиҥҥи альянс флангатын күүһүрдэр туһуттан, сүрүн күүстэр уонна сэп-сэбиргэл АХШ кэнтиниэтиттэн аҕалыллыбыттар», - диэн кини кэпсээбит.

Руслан Косыгин этэринэн, онно билиҥҥи туругунан 37,5 тыһ. байыаннай баара биллэр, олортон 24,5 тыһ. киһитэ Польшаҕа уонна Балтия дойдуларыгар баар.

Маны таһынан кини, Арассыыйа уонна Белорусся кыраныыссаларыттан чугас сиргэ, кылгас кэм иһигэр күүстээх сэрии бөлөхтөрүн тэрийиэн сөптөөх күүстэр баалларын иһитиннэрэр.

«Киин уонна илиҥҥи Дьобуруопа сиригэр-уотугар уонна халлааныгар, ол быыһыгар Польшаҕа уонна Балтияҕа, маны таһынан Балтийскай уонна Хотугу муоралар акваторияларыгар “Защитник Европы-2022” диэн элбэх омуктары хабар үөрэтиилэр, улахан тэрээһиннэр буолуталыыллар. Ол аата, илиҥҥи туһаайыыга байыаннай дьайыылары оҥорууга бэлэмнэнии буола турар», - диэн Косыгин этэр.

Хотугулуу-атлантическай альянс үөрэтиилэрэ ыам ыйын 1 күнүттэн 27 күнүгэр диэри 9 Дьобуруопа судаарыстыбатыгар ыытылла турар. Польша Оборуонатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, барыта 20 дойдуттан 18 тыһ. саллаат бэлэмнэниини ааһар.

Ылыллыбыт сигэтэ: https://news.mail.ru/politics/51184760/?frommail=1