СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников улахан баһаары сэрэтэр туһугар Бүлүү бөлөх улуустарыгар зондировщик-сөмөлүөт үлэлии көтөрүн туһунан брифинигэр иһитиннэрдэ.
Билигин Чурапчы улууһугар биир ойуур баһаара буола турар. Ону Ан-2 сөмөлүөтүнэн уонна Ми-8 бөртөлүөтүнэн хонтуруоллууллар.
«Билигин баһаар соҕотох төрүөтэ дьон тыаҕа, хонууга сэрэҕэ суохтук сылдьыыта буолар. Онон нэһилиэнньэни өртөөһүнү ыыппаккытыгар уонна уоту сэрэхтээхтик туттаргытыгар ыҥырабын. Өртөөһүн РФ сокуонунан бобуллар», – диэн Садовников тоһоҕолоон эттэ.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 7 улууска уонна Дьокуускай эргин 15 ойуур баһаара бэлиэтэннэ: Аммаҕа – 4, Чурапчыга– 3, Мииринэйгэ – 2, Намҥа – 2, Ленскэйгэ – 1, Мэҥэ Хаҥаласка – 1, Уус Майаҕа – 1, Дьокуускайга – 1.
Асспыт сылга бу кэмҥэ 82 баһаар баара.
Сонун төрдө: CӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата