“Хотун Бүлүү”, “Бүлүү эбэ” диэн кинини ытыгылаан ааттыыллар, киниэхэ ырыа аныыллар, хоһооҥҥо хоһуйаллар. Оттон Бүлүү ыарыыта, кини кыһалҕата хас биирдии киһи сүрэҕэр чугас. Бу күн норуот Бүлүү эбэҕэ сүгүрүйэн, киниэхэ кыһамньытын биллэрэн, араас тэрээһиннэри ыытар. Үөһээ Бүлүүгэ бу бэлиэ күн туһунан Айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин салайааччыта Василий Титов кэпсиир.
Устуоруйаттан
Василий Васильевич Титов Үөһэ Бүлүүтээҕи айылҕа харыстабылын иниспиэксийэтин салайбыта үйэ чиэппэрэ буолла. Кини “Бүлүү эбэ күнэ” диэн анаан бэлиэтиир буолуохха диэн улуустааҕы Уопсастыбаннай экология сүбэтигэр өссө 2015 сыллаахха этии киллэрбит эбит. Сүбэ ити этиини ылынан, салгыы улуус дьокутааттарын мунньаҕын бэбиэскэтигэр туруорбуттар. Онтон улуус дьокутааттара “бэс ыйын 23 күнүгэр буоллун” диэн быһааран, улуустарын баһылыга В.С. Поскачин онуу бигэргэппит.
2017 сыллаахха, Арассыыйаҕа экология сылыгар, Бүлүү бөлөх улуустар экологтарын мунньаҕар “улуустар бары тус-туспа бэлиэтиирбит сыыһа, Эбэбитигэр биир күнү аныахха” диэн, ыам ыйын 25 күнүн талбыттар. “Онон билигин эбэбит бэйэтэ бэлиэ күннээх”, -- диэн үөрэ кэпсиир Василий Васильевич. Үөһэ бүлүүлэр, атын да Бүлүү бөлөх олохтоохторун курдук, Эбэлэригэр сыһыаннара ураты. Олохтоохтор 90-с сылларга экология туһугар, Бүлүү өрүс туһугар кимиилээхтик киирсибит норуот актыбыыстарын, лиидэрдэрин мэлдьи өйдүү-саныы сылдьаллар.
Хотун Бүлүүгэ сүгүрүйэн
Онтон устуоруйаны дириҥник ыллахха, улууска өссө 1967 сыллаахха, Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 50 сылын көрсө, “Хотун Бүлүү” диэн монумент-скульптура туруоруллубут эбит. Ону норуот талааннаах маастардара Анисим Прокопьев уонна Егор Крылатов оҥорон кытылга туруорбуттар. Оччолорго арааһа, өрүскэ анаммыт монумент дойду үрдүнэн ханна да суоҕа буолуо. Билигин бу монумент Хотун Бүлүү бэлиэ кутунуу, кытылга турар, манна эдэр ыччат, оҕо аймах сөбүлээн тоҕуоруһар, дьон-сэргэ Эбэни ытыгылыырын бэлиэтин көрдөрөн, мустар.
Эбэҕэ көдьүүстээх бэлэх
Ол эрээри, төһө да ыллаа-туой, ытыгылаа -- онон өрүһү киртийииттэн-буомурууттан көмүскээбэккин, дьон кыһалҕатын быһаарбаккын... Василий Васильевич: “2018 сыллаахха быһыт тоҕо барбытын кэннэ, эбэбит уута киртийдэ диэн нэһилиэнньэ айманан, күүскэ туруорсан, Бүлүү бөлөх улуустарга кыра ыстаансыйалары туруортаабыттара. Холобур, 5 нэһилиэги хааччыйар ууну ыраастыыр ыстаансыйаны туруордулар. Ол курдук, билигин Балаҕаннаах, Нам, Үөһэ Бүлүү, Хоро уонна Кэнтик нэһилиэнньэтэ ыраас уунан хааччылынна. Биллэн турар, саас хаар-муус ириитэ саҕаланнаҕына, улахан бөһүөлэктэр кирдэрэ ол ууллубут хаары кытта түһэрэ чуолкай. Онон өссө биир үөрүүлээх сонуммут – быйыл Үөһэ Бүлүүгэ канализацияны ыраастыыр тэрил (КОС) үлэҕэ киирэрэ. АСМнарбыт оботторбут убаҕас тобоҕу онно сүөккүөхтэрэ. Дьэ оччотугар ол эбэбитигэр улахан көдьүүстээх көмө буолуо этэ, итинник КОСтар экологияҕа ноҕуруусканы аччаталлара чуолкай”, - диэн кэпсээтэ. Дьэ, кырдьык даҕаны, улахан көдьүүстээх көмө буолбут.
***
Оттон бүгүн олохтоохтор сиэри туому тутуһан, Эбэҕэ киирэн, көрдөһөн, арыылаах алаадьынан күндүлээн, арчылаабыттар, алгыс ылбыттар, улуустарын баһылыга Владимир Поскачин эҕэрдэ тыл эппит. “Иэйии” сынньалаҥ киинэ Хотун Бүлүү монумент аттыгар Бүлүү туһунан ырыа-хоһоон эҕэрдэ кэнсиэрин тэрийэн ыыппыт. Дьэ уонна өрүс кытылын, өрүскэ киирэр суоллары кыйа, ыраастаныы субуотунньуга буола турар диэн кэпсээтилэр.
Нина Герасимова