Киир

Киир

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

 Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан эһигини Оҕо көмүскэлин күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Оҕо төрүүрэ киһини кынаттыыр, үчүгэйи, үтүөнү оҥорор баҕатын, тапталын, кыһамньытын, эппиэтинэһин, аһынар-харыстыыр дьулуурун күүһүрдэр. Оҕо хайдах дьылҕаланара, туох киһи буола улаатара, талаанын, дьоҕурун арыйара биһигиттэн, улахан дьонтон, быһаччы тутулуктаах. Кини элбэҕи билэ-өйдүү улаатарыгар, саҥаны арыйарыгар суолу тэлэн, бэйэбит үтүө санаа, көнө майгы холобура буолан, тулалыыр эйгэҕэ ытыктабыллаах сыһыаны иҥэрэн, кырдьыкка уһуйан, дьоллоох-соргулаах олохтонорун ситиһэр кыахтаахпыт.

Оҕо көмүскэлин күнэ судаарыстыба, уопсастыба, хас биирдиибит оҕо аймахха сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэхтээхпитин, кинилэри кытта тиһигин быспакка дьарыктаныахтаахпытын санатар аналлаах.

Оҕо аймаҕы өйүүр сорук биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр мэлдьи өрө тутуллан кэллэ. Саха АССР 100 сылынан уонна Саха сиригэр Ийэ сылынан оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр дьаһаллар кэккэлэрэ кэҥэтилиннэ. 2022 сылга төрөөбүт оҕолорго “Сүүс сыл оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал олохтонно. Итини тэҥэ, биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ муҥутуур үрдүк баалы ылбыт оскуоланы бүтэрэр бастыҥ үөрэнээччигэ 100 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрү олохтуурга быһаардыбыт.

Үөрэх уонна доруобуйа харыстабылын хаачыстыбата үрдүүрүгэр үгүс үлэ ыытыллар, эти-хааны чэбдигирдиинэн уонна успуордунан дьарыктанарга инфраструктураны сайыннарабыт, араас куруһуоктары үлэлэтэбит. Наука аччыгый академиятыгар үөрэхтээһин киинэ буолар аналлаах саҥа куорпус арылынна. Бу курдук, кэнчээри ыччаты наукаҕа, технологияҕа сыһыаран, иҥэн-тоҥон үөрэтэр, киэҥник толкуйдуур, хамаанданан үлэлиир дьоҕурдарын сайыннарыах тустаахпыт. Саха сиригэр хас биирдии оҕо инновационнай үөрэх ресурсатынан туһанар кыахтаах буоларын ситиһиэхтээхпит.

Бүгүн биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойду биир тэтимнээхтик сайдар киининэн буолар, онуоха сүрүн тирэхпит оҕолорбут буолаллар.

Билиҥҥи ыччат сайдыы саҥа саҕахтарын арыйар олус интэриэһинэй кэмҥэ олорор. Олоххун, удьуоргун салгыыр ыччаты иитэн таһаарыы – хас биирдии киһиэхэ улуу дьол буолар. Ол иһин биһиги өрөспүүбүлүкэбит сарсыҥҥыта сырдык, кэрэ буоларын туһугар туох кыалларын барытын оҥоруохпут диэн эрэнэбин!

Күндү оҕолор! Бу сырдык кэрэ бырааһынньыгынан эһиэхэ дьолу-соргуну, саҕалаабыккыт барыта сатанарыгар, үтүө баҕа санааларгыт туолалларыгар баҕарабын! Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ уйгулаах олох уонна өйдөһүү өрөгөйдөөтүн!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар