Киир

Киир

Былырыын буолан ааспыт Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис быһа барыллаан ааҕыытынан, дойдубутугар өссө түөрт куорат нэһилиэнньэтэ мөлүйүөнтэн тахсыбыта билиннэ.

Ол курдук, “мөлүйүөннээх куорат” аатын мантан инньэ Воронеж, Краснодар, Пермь уонна Красноярскай ылыахтара. Бу туһунан “Смотрим” платформа Росстат чахчыларыгар олоҕуран суруйбут.

Эрдэ Арассыыйаҕа мөлүйүөнтэн тахса нэһилиэнньэлээх 12 эрэ куорат баара. Билигин 16 буолбуттар.

Санатан эттэххэ, 2010 сыл биэрэпиһин түмүгүнэн мөлүйүөнтэн тахса нэһилиэнньэлээх куорат буолбуттара: Москуба, Санкт-Петербург, Новосибирскай, Екатеринбург, Казань, Аллараа Новгород, Челябинскай, Самара, Доннааҕы Ростов, Уфа, Омскай уонна Волгоград.

Уопсай көрдөрүүнү этэр буоллахха, бу иннинэ ыытыллыбыт биэрэпистэн былырыыҥҥы биэрэпискэ диэри Арассыыйа олохтооҕо 2 мөл. тахса киһинэн эбиллэн, 147,2 мөл. тэҥнэспит. Оттон Саха сирин олохтоохторо быйыл баҕас мөлүйүөн буолар инибит диэн эрэҥкэдийэбит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар