Самаан сайыны айхаллыыр, үрүҥ түүнү уруйдуур кэрэ кэм кэлбитинэн, «Кыым» хаһыат бэс ыйын 9 күнүгэр киэһэ 17.00 чаастан «Үрүҥ түүн кыыма» диэн дьоро киэһэни тэрийэн ыытар.
Бар дьоммутугар анаан сэргэх бырагыраама:
- Алгыс сиэрэ-туома. СӨ култууратын туйгуна Виктор Игнатьев-Байылыат.
- Ытык-мааны ыалдьыттар эҕэрдэлэрэ: «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбыла, CӨ норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа, СӨ норуодунай артыыһа Александр Бурнашев, Тамара Попова, ыытааччы Ньургун Бэчигэн, ырыаһыттар Эрхаан, Любовь Константинова-Кыталы Куо, Синильга, мелодист Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй, кырыымпаһыт Руслан Габышев, скульптор Түмэн Хамаганов, арчыһыт Аайа Макарова уонна да атыттар
- «Кыым» хаһыат, «Күрүлгэн», «Байдам» сурунааллар суруналыыстарын, дьоруойдарын кытта билсиһии, алтыһыы
- «Хотой» саха таҥаһын брендин ыһыах иннинээҕи дефилета
- Туйаара Григорьева-Кучу Туйаара сахалыы чэй иһиитин сиэрэ-туома
- Капиталина Алексеева саха остуолун оонньууларын көрдөрүүтэ
- «Кыым» хаһыакка уонна «Үһү – биирдэ» («Кыым» хаһыакка, Кыым, «Күрүлгэн», «Байдам» сурунаалларга) сүүйүүлээх сурутуу
- Оһуохай түһүлгэтэ. Үтүөлээх этээччи Марта Николаева.
Сурутааччыларбытыгар анаан сүүйүүлээх сурутуу:
Бу дьоро киэһэҕэ кэлэн «Кыым» хаһыаты суруппут дьон үрүҥ көмүс түөс симэҕин оонньотууга кыттар кыаҕы, оттон «Үһү – биирдэ» («Кыым» хаһыакка, Кыым, («Күрүлгэн», «Байдам» сурунаалларга) суруппут дьон тоҥорор лаары уонна да атын сыаналаах бириистэри оонньотууга кыттар кыаҕы ылыахтара. Тэрээһиҥҥэ кэлбит хас биирдии саҥа сурутааччы бэртээхэй бэлэх тутуоҕа!
Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинэ (Чернышескай уул. 24 №-дээх дьиэтэ). Киирии босхо.
Тэрээһин уонна cүүйүүлээх сурутуу туһунан бу нүөмэринэн ыйыталаһыҥ:
8 (914) 820 09 75