Киир

Киир

Бүгүн речпорт биэрэгиттэн «Михаил Светлов» круизнай теплоход быйылгы маҥнайгы, 11 чаастаах эриэйсигэр турунна.

рында

Теплоход хапытаана Николай Баньков бэлиэтээн эппитинэн, быйыл хамаанданы элбэх эриэйс күүтэр: «Быйыл биһиги Өлүөнэ остуолбаларыгар уонна Тиксигэ сылдьыахпыт. Экипажпытыгар саҥа эдэр үлэһиттэрдээхпит, ол эрээри, сүрүн састаап – «Светлов» теплохоппутугар хас да сыл үлэлээбит дьон. Хамаандабыт олус иллээх уонна профессиональнай өттүнэн бэлэм».   

Дьокуускай-Тикси морсуруутунан арктическэй круиһынан айаннаан, Саха сирин хотугу, уустук суолаах-иистээх оройуоннарын айылҕатын көрүөххэ сөп. Ол курдук, аһаҕас халлаан анныгар Суоттутааҕы түмэли, аатырбыт «Өлүөнэ турбатын», Хара Уулаах очуостарын, «Таастаах» уонна «Тиит-Арыы» арыыларын, Хохоччу уонна Киис балыктыыр ураты сирдэрин, 114 миэтэрэ үрдүктээх Остуолбаны көрүөххэ сөп. Маннык айан барыта 14 күн уһуннаах буолар.

«Михаил Светлов» биир визитнэй уратыта – эрэстэрээн. Манна аһылык «шведскэй остуол» систиэмэтинэн тэриллэр. Астара-үөллэрэ битэмииннээх, иҥэмтиэлээх, ураты эрэсиэптэринэн астаммыт эгэлгэтэ, арааһа элбэх.

михаил светлов

 

Санааҕын суруй