Туймаада ыһыаҕын кэмигэр, бэс ыйын 25 уонна 26 күнүгэр, Үс Хатыҥҥа диэри автовокзалтан муниципальнай оптуобустар сылдьыахтара. Айан сыаната 50 солкуобай буолуоҕа.
«Саха сирин пассажирскай авто-тырааныспар хампаанньата» МУП дириэктэрэ Валерий Домотов этэринэн, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын саҥардыы чэрчитинэн быйыл саас саҥа атыылаһыллыбыт 20 оптуобус куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын таһыаҕа.
«Автовокзалтан турунуу бириэмэтин арыта 7-10 мүнүүтэ буолуоҕа. Үс Хатыҥ сириттэн куоракка диэри оптуобустар төһө туолбуттарынан көрөн төннөр буолуохтара. Маны сэргэ, биһиги Үс Хатыҥ сирин киин киирэр сириттэн «палаткалаах куоракка» диэри дьоҥҥо анаан босхо шаттл олохтуохпут», - диэн Валерий Домотов этэр.
Маны таһынан, «Медцентр-«Үс Хатыҥ»» маршрутунан, бэс ыйын 25 уонна 26 күннэригэр, «Союз Авто» кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэ 50 оптуобуһа эмиэ сылдьыаҕа, сыаната 50 солк. буолуоҕа.
Санатар буоллахха, Үс Хатыҥҥа 25-с үбүлүөйдээх ыһыах буолаары турар. Бу төрүт бырааһынньыкпыт Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Дьокуускай куорат 390 сааһыгар, Дьокуускай куорат Дууматын 200 сылыгар, Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ Сылларыгар ананыаҕа.
Сонун төрдө: Дьокуускай куорат уокуругун салалтатын пресс-сулууспата