Киир

Киир

Саха сирин сүрүн судаарыстыбаннай саньытаарынай бырааһа Маргарита Игнатьева хоруона хамсыгын утары булгуччулаах быһыыны биэриини тохтоторун туһунан уурааҕа таҕыста. 
Инньэ гынан, 2021 сыл ыам ыйын 19 күнүнээҕи уураахха ыйыллыбыт үлэһиттэр булгуччу быһыыны ылаллар диэн көтүрүлүннэ, онон, ьыһыыта да суох үлэлии тахсыахтарын сөп. Бу иннинэ быһыыт суох үлэһиттэри тохтотолуур этилэр. Мантан инньэ быһыыны ыларын-ылбатын киһи бэйэтэ быһаарар буолла.
 
Ол эрээри Роспотребнадзор быһыы ылыллыбытын кэннэ сыл аҥаара буолан иммунитет түһэр, оттон сыл буолан баран отой да суох буолуон сөп диир. Онон, хайаан да хаттаан быһыы ыллыллыахтаах. Кэллэктиибинэц иммунитет сүттэҕинэ, ыарыы үрдүүр. Балаһыанньа уустугурдаҕына, саҥа уураах тахсыан сөп диэн Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салалтата иһитиннэрэр.
 
Хамсык саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 180 тыһ. тахса ыарыы түгэнэ бэлиэтэммит. Саамай элбэхтэ быйыл тохсунньуга-олунньуга бэлиэтэммит, икки ый иһигэр 82 тыһ. киһи хаптарбыт (уопсай ыалдьааччы ахсааныттан 45,8%). Бэс ыйыгар өрөспүүбүлүкэҕэ улахан дьон 87,7% быһыыны ылбыт, хаттаан быһыыны – 81%.  
 

Санааҕын суруй