Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап киинэ иһитиннэрэринэн, бэс ыйын 10 күнүн сарсыарда 8 ч. туругунан, Саха сиригэр 5 тыа баһаара баара биллэр: Өлүөхүмэ улууһугар - 2, Алдан, Хаҥалас уонна Өлөөн оройуоннарыгар – 1-дии.

Умайбыт тыа уопсай иэнэ - 19,4 га. Тыа баһаардарын умулларыыга Авиалесохрана 37 парашютист-десантниктара үлэлии-хамныы сылдьаллар. Ааспыт суукка иһигэр тыа баһаардарын утары охсуһар бөлөхтөр күүстэринэн Өлүөхүмэ улууһугар түөрт, Алдан, Хаҥалас, Уус Майа уонна Үөһээ Дьааҥы оройуоннарыгар биирдии тыа баһаардара тохтотулуннулар.

Бэлиэтээн эттэххэ, өрөспүүбүлүкэбит 17 оройуонугар баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ биллэриллибитэ. Билигин маннык эрэсиими бүтүн Саха сирин үрдүнэн биллэрии былааннанар.

Санааҕын суруй