Бэс ыйын 12 күнүгэр бэлиэтэнэр Арассыыйа күнүгэр Индия Бихар штатын киин куоратыгар биһиги дойдубутун уонна икки дойду доҕордуу сыһыаннарын өйүүллэрин биллэрэр ыччат миитинэ буолбут.
200-чэҕэ чугаһыыр киһи транспараннарын күөрэччи туппутунан уулуссаҕа тахсыбыт. Былакааттарга бэрэсидьиэн Владимир Путин, Индия премьер-миниистирэ Нарендра Моди, Патна олохтооҕо, 30 сыллааҕыта Арассыыйаҕа кэлэн олохсуйбут, кэлин Курскай куорат дьокутаата буолбут Абхай Сингх уо.д.а. хаартыскалара көстөр. Эбиитин “Индия – Арассыыйа быраата” диэн суруктаахтар.
Манна эбэн эттэххэ, Индия Арассыыйаны утары сааҥсыйаҕа кыттыспатаҕа. Арассыыйаттан ньиэби атыылаһар кээмэйин эбэн, экспортан киирэр үп аҕыйаабатыгар көмөлөспүтэ.