Сарсын, от ыйын 1 күнүгэр, киин куоракка «Yakutia International Science Games-2022» диэн аныгылыы ааттаах Норуоттар икки ардыларынааҕы II интеллектуальнай оонньуулар (кылгатан МИИ дииллэр) саҕаланыахтара. Манна 17 тас дойдуттан уонна Арассыыйа 16 регионуттан 690 үөрэнээччи уонна 200 арыалдьыт, тьютор, эспиэр кыттыахтара. Тэрээһин сүрүн соруга – наука уонна технология сайдыытыгар үрдүк интэриэстээх үөрэнээччилэр, педагогтар, учуонайдар, уопсастыбанньыктар уонна төрөппүттэр биир ситимнээх эйгэлэрин үөскэтии.
МИИ пресс-киинэ иһитиннэрбитинэн, оонньууларга сүрүн былаһааккаларынан STEM-бырайыактарга (англиялыы Science, Technology, Engineering, Mathematics диэнтэн) Норуоттар икки ардыларынааҕы чинчийии оскуолата (International Researsh School), Норуоттар икки ардыларынааҕы оскуола үөрэнээччилэрин күрэстэһиилээх кэмпириэнсийэлэрэ (Yakutia International Science Fair) уонна үгэс буолбут Норуоттар икки ардыларынааҕы «Туймаада» математикаҕа, физикаҕа, химияҕа уонна информатикаҕа олимпиада буолуохтара.
Ону сэргэ, бырагыраамаҕа баар буолуохтара: ЮНИОР Дьокуускайдааҕы чинчийии оскуолата (Yakutsk International Research School JUNIOR), МИИ мультимедийнай оскуолата – эдэр суруналыыстарга үөрэх-быраактыка былаһаакката (Multimedia School), САССР 100 сылынан өрөспүүбүлүкэ педагогтарыгар «Ситиһии территорията» үөрэтэр салон. Тэрээһиннэр быйыл аан бастакытын, сирэй көрсөн эрэ буолбакка, тэйиччиттэн эмиэ ыытыллыахтара. Оонньууларга хамаанданан кыайыы иһин Улахан Кубогы туттарыахтара, биирдиилээн кыайааччылары мэдээлинэн уонна дьупулуомунан наҕараадалыахтара.
Норуоттар икки ардыларынааҕы II интеллектуальнай оонньуулары РФ ЮНЕСКО дьыалаларыгар хамыыһыйатын уонна Хотугу форум патронатынан тэрийэллэр. Тэрээһини РФ Үөрэҕириитин министиэристибэтэ, РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтэ, МИЛСЕТ Восток, Регионнар икки ардыларынааҕы айымньылаахтык үлэлиир педагогтар «Исследователь» уопсастыбаннай хамсааһыннара, РФ Ыччатын министиэристибэтэ, Арассыыйатааҕы наука академията, М.В. Ломоносов аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай университет, Экономика үрдүкү оскуолата, Стратегиялаах көҕүлээһин ааҕыныстыбата, Педагог сатабылын киинэ өйүүллэр. Тэрийээччилэринэн СӨ Бырабыыталыстыбата, СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ, СӨ Наукаларын аччыгый академията, СӨ кэлэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ буолаллар.
Санатан эттэххэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы I интеллектуальнай оонньуулар 2018 сыллаахха Саха сиригэр 40 тас дойду уонна Арассыйа 18 региона кыттыылаах буолан ааспыта.