Киир

Киир

Дьааҥы улууһугар от ыйын 9-c күнүттэн саҕалаан утуу-субуу Суордаах, Дулҕалаах, Бөтөҥкөс, Токума нэһилиэнньэлээх пууннар ууга барбыттара. Оттон бэҕэһээ, от ыйын 13-c күнэ үүнэр түүнүгэр,  уу Боронук сэлиэнньэтигэр уонна Верхоянскай куоракка тоҕо анньан киирдэ. Ол туһунан Арассыыйа сонуну киэҥник тарҕатар аан ситимнэрэ бары кэриэтэ суруйдулар.

Билигин ууттан босхоломмут сирдэргэ халаан содулун туоратыы, хоромньуну ааҕыы бара турар.  Улуус баһылыга, оперативнай штаб салайааччыта Гаврил Чириков иһитиннэрбитинэн, от ыйын 13 күнүгэр Суордаах, Дулҕалаах уонна Токума ууттан босхоломмуттар. Билиҥҥи туругунан, Бөтөҥкөс бөһүөлэгэр 166 учаастак, ол иһигэр 36 олорор дьиэ ууга турар. Боронукка 55 учаастак, Верхоянскай куоракка 54 учаастак ууга тураллар. Баатаҕай бөһүөлэгэ эмиэ ууга барар кутталлаах турар.

Бэҕэһээ, от ыйын 13 күнүгэр, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Дьааҥы улууһун ууга барбыт нэһилиэнньэлээх пууннарыгар уонна Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөл сэлиэнньэтигэр регион таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы үөскээбитин туһунан Ыйаах таһаарда. Бу халаан содулун туоратыыга регион таһымнаах күүстэри туһанарга уонна  эмсэҕэлээбит дьоҥҥо өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көмө оҥорорго көмөлөөх буолуо. Ил

Бүгүн, от ыйын 14 күнүгэр, Айсен Сергеевич Дьааҥы улууһун халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарыгар үлэлии сылдьар. Кини ууга барбыт дьоҥҥо көмө хайдах оҥоһулла турарын көрүө-истиэ, Боронук сэлиэнньэтин уонна Верхоянскай куорат олохтоохторун кытта көрсөн кэпсэтиэ. Ону сэргэ Баатаҕайга бөҕөргөтүү үлэтин бэрэбиэркэлиэ.