Гидрометео сулууспа Саха сиринээҕи управлениетын көрдөрүүтүнэн, халаан уута Өлүөхүмэ-Дьокуускай-Сангаар учаастакка үөскээбит. Ааспыт хонукка манна уу таһыма 0,1 – 0,6 м. үрдээтэ.
Өлүөхүмэ өрүс Дьиикимдэ – Куду Күөл учаастагар (Өлүөнэ уҥа салаата) уу таһымын үрдээһинэ 0,6 м буолан турар.
От ыйын 14 күнүгэр сарсыарда 08.00 ч. Табаҕа гидропоһун аттыгар уу таһыма ньуултан 704 см. таҕыста, оттон Дьокуускай аттыгар - 412 см..
Табаҕа – Дьокуускай икки ардыгар сотору кэминэн уу 40-70 см үрдүүрэ сабаҕаланар. Оччоҕо кутталлаах кэрдиискэ тиийэр. Ол эбэтэр, чугастааҕы сирдэри уу уу ылар куттала үөскүүр.
Онон, от ыйын 15-16 күннэригэр Өлүөхүмэ өрүс хаатыттан тахсыбытыттан Өлүөнэ өрүс кытылынааҕы намыһах сирдэр, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Кэбээйи, Дьокуускай, Жатай оттуур ходуһалара ууга барыахтарын сөп.
Сонун төрдө: Дьокуускай к. Гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы-майгы управлениета
Хаартыска аһаҕас ситимтэн ылылынна