Бэҕэһээ киэһэ «Саха» НКИХ ханаалыгар быһа эпииринэн халаантан эмсэҕэлээбит Үөһээ Дьааҥы уонна Кэбээйи улууһун олохтоохторугар көмө оҥорор соруктаах «Бука бары – биир сомоҕо санаанан!» телемарафон ыытылынна.
Телемарафону, халааҥҥа барбыт улуус түмсүүлэрин көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлүнэн, Уопсастыбаннай Палаата уонна Ыччат министиэристибэтэ бииргэ тэрийдилэр.
Быһа биэрии кэмигэр тэрилтэлэртэн, биэдэмистибэлэртэн көмө хомуйуута ыытылынна. Ону тэҥэ, Саха сирин олохтоохторо экраҥҥа көстөр кьюар- куодунан халаан уутугар эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө оҥордулар. Телемарафон үс чаас устата барда. Ол түмүгэр 3 мөл. 796 тыһ. солк. харчы киирдэ.
Санатан эттэххэ, Палаата халаантан эмсэҕэлээбит Үөһээ Дьааҥы уонна Кэбээйи олохтоохторугар көмө хомуйуутун биллэрбитэ ыраатта. Онон, сорох биирдиилээн дьон көмө харчыларын анал аһымал уонна улуус дьаһалтатын счеттарыгар ыыппыттара. Маны сэргэ, Палаата нэһилиэнньэттэн ас-үөл, таҥас-сап, мал-сал хомуйуутун тэрийбитэ. Бэрэссэдээтэл Николай Бугаев иһитиннэрбитинэн, халаантан эмсэҕэлээбит сирдэргэ барыта 7 туоннаттан тахса гуманитарнай көмөнү ыыппыттар.
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ сорох тэрилтэлэрэ үлэһиттэрин биир күннээҕи хамнастарын хомуйа сылдьаллар. Улуустар эмиэ ыытыах кэриҥнээхтэр. Онон, нэһилиэнньэттэн хомуллубут көмө харчы сууммата өссө улаатар чинчилээх.
Биһиги, «Ситим» медиа-бөлөх уонна "Кыым" хаһыат үлэһиттэрэ, бу үтүө аахсыйаҕа кыттыһан, биир күннээх хамнаспытын хомуйан ыытарга бэлэм олоробут. Бары маннык санаанан салайтаран көмө оҥордохпутуна, киинтэн тэйиччи сытар, тыйыс айылҕалаах, мөлтөх суоллаах-иистээх хоту улуус олохтоохторо халаан содулун түргэнник туоратыахтара, кыстыкка этэҥҥэ киириэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Бэйэ кэр.